БИҺИГИ АҔАБЫТ
«Мин мантан сэриигэ барбытым —
Оскуола чуораанын хаалларан,
Саас буолан чыычаахтаах чараҥым
Симэммит хатыҥын аннынан.
Мин мантан сэриигэ барбытым —
Бар дьонум алгыһын ыламмын,
Далбаатыы хаалбыта чараҥым
Будьурхай баттахтаах тыатынан»
диэн поэт Иннокентий Артамонов хоһоонугар суруллубут ырыаны долгуйа истэбин: мин иннибэр а±абыт Попов Гавриил Иванович сырдык міссµінэ кістін кэлэр. Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт сэрии холоруга Чурапчы оройуонугар Белолюбскай сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталлыы сылдьар эдэркээн уолу кыргыһыы хонуутугар тириэрпитэ. Бэйэтин лаппа кыанар, нууччалыы билэр үөрэхтээх киһи буолан уоттаах сэриигэ араас мүччүргэннээх түгэҥҥэ уолуйан хаалбакка, өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар – Берлиҥҥэ тиийэ кыдыйсыбыта.
Үс сылы кыратык эрэ кыайбат кэмҥэ III-с Украинскай фронт састаабыгар киирсэр П.С. Рыбалко №-с танковай корпуһун 3-с отдельнай гвардейскай сапернай батальонун саллаата Попов Гавриил Ивановиһы хорсун бойобуой сырыыларын Советскай правительство үгүс наҕараадаларынан бэлиэтээбитэ. ОЛ курдук, Киевы босхолооһун иһин Кыһыл сулус орденынан, Арҕаа Украинаны фашист оккупаннарыттан босхолуур кыргыһыыларга, Кыһыл Армия чаастарын Днепр өрүһүн туоратыыга, сапер эбээһинэһин туйгуннук толорон Аҕа Дойду сэриитин II-c степеннээх орденынан, «Хорсуну иһин», «Фашистскай Германияны кыайыы иһин» медалларынан, «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», өстөөҕү бүтэһиктээхтик урусхаллыыр Берлиннээҕи кыргыһыыга кыттан иккис Кыһыл сулус орденынан наҕараадаламмыта, И.В. Сталинтан Махтал сурук ылбыта. Кыргыһыы толоонуттан үс бойобуой орденнаах саллаат биһиги республикатыгар соччо элбэҕэ суох.
Эйэлээх олоххо эргиллэн баран « Кыайыы ХХ сыла», «Кыайыы ХХV сыла», «Кыайыы ХХХ сыла», «Сэбилэниилээх күүстэр 50 сыллара», « Сэбилэниилээх күүстэр 60 сыллара» мэтээллэр кини кэтит түөһүн эбии киэргэппиттэрэ.
Биһиги аҕабыт сэрииттэн эргиллэн кэлэн таптыыр идэтинэн – учууталынан 35 сыл үлэлээбитэ, нуучча тылын уонна литературатын үөрэппитэ. Кэтэхтэн үөрэнэн 1959 сыллаахха
СГУ-ну ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Иитэр-үөрэтэр үлэҕэ салайар дьоҕурдаах буолан Кэбээйи оройуонун Кэбээйи орто оскуолатыгар 1954-56 сс., Чурапчы Дириҥэр 1958-63 сс. Завучтаабыта. Онтон 1963-69 сс. Дьокуускай Хатаһыгар директордаабыта. Учуутал быһыытынан киэҥ билиитинэн, оҕо-аймахха үтүө сыһыанынан үөрэнээччилэрин дириҥ ытыктабылларынан туһанара.
Нуучча тылын үөрэтэр методикатыгар, историятыгар классиктар айымньыларын кинигэлэрин үгүстүк сурутара, уруокка бэлэмнэригэр араас тылдьыттарынан, методическай справочниктарынан , ырытан оҥоһууларынан туһанара. Оскуола бары үлэтигэр, олоҕор-дьаһаҕар «научнайдык сыһыаннаһыахха» диэн Гавриил Иванович үлэлээн ааспыт сылларын принцибинэн буолбута. Салайааччы быһыытынан дэгиттэр ылыннарыылаах кэпсэтиилээһэ, дириҥ, киэҥ логикалааҕа, ырааҕы өтө көрөрө Кинини коллегалара киһини өйдүүр уонна өйүүр салайааччы быһыытынан сыаналыыллара. Үлэни биир дэхситик салайбаккын: улахан коллективка үлэҕэ сөбүлэспэт, аалсыһар түгэннэр элбэх буолаллар. Онно барытыгар классик-педагогтар көрүүлэригэр олоҕуран бэйэтэ туспа дьайар ньымалардааҕынан уратылааҕа. Кыыһырбытын түргэнник аһарарынан, кэтэх куһаҕан санаата суох, сыыһалаах буоллаҕына аһаҕастык, дөбөҥнүк , икки өттүттэн өйдөтүһэн билинэр үрдүк таһымнаах психолог этэ. Педагог быһыытынан оҕо сайдарыгар наука академическай төрүттэрин билиинэн муҥурдаммакка эстетическэй хайысхалаах ситимнэри сайыннарарга дьулуһара. Хатаска директордыыр сылларыгар оҕо хорун, уус-уран самодеятельность , спорт араас көрүҥнэрин, техническэй, гуманитарнай куруһуоктары астарбыта, үлэлэппитэ уонна кинилэргэ үрдүк ирдэбили туруорбута.
Итиннэ даҕатан аҕыннахха, Гавриил Иванович салайар үлэтигэр туспа принциптээҕэ. Бэлэмнээх кадр тустаах үлэҕэ элбэҕи быһаарар оруоллааҕын, оскуола бары үлэтигэр сүрүн күүс буоларын тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Онно олоҕуран салайар үлэтин аттарынара. Ол иһин олохтоох амбициянан салайтарбакка, иитэр-үөрэтэр үлэ көхтөөхтүк хардыылыырыгар , оскуола кадрдарын сөхсүтүүгэ , хаҥатыыга элбэх сырата барбыта. Гавриил Иванович чуолаан эдэр кадр теоретическэй уонна практическай бэлэмин таһымын, таптыыр дьарыгын (хобби), үлэ, үөрэх ханнык сатабылларыв баһылаабытын, талана хайа өттүнэн сайдыбытынан уо.д.а. – барытын сылыктаан, өйүгэр бэрийэн, үөрэхтээһин сүрүн хайысхаларын сыллата күүһүрдэн испитэ.
Гавриил Иванович учуутал техникумугар үөрэнэр сылларыгар балалайкаҕа, домраҕа, гитараҕа оонньуурга үөрэммитэ, уус-уран самодеятельноска кыттара.
Сэрии кэннинээҕи ыччат сэҥээрэр»чечетка» эбэтэр «степ» диэн уустук, бачыыҥка уллуҥаҕынан атах бэрбээкэйин суһүөҕүнэн имллэҥнэтэ муостаҕа охсон бэрт чэпчэкитик үҥкүүлүүрүн үгүс үөрэнээччилэрэ сөҕө-махтайа көрөллөрө. Ону таһынан, бэйэтэ самоучитель көмөтүнэн баяҥҥа оонньуурга үөрэммитэ. Хатаска үлэлиир сылларыгар, ийэбит Александра Тимофеевна тыыннааҕар, сарсыарда эрдэ туран, оһох иннигэр «Амурские волны», «Прощание славянки», эбэтэр «На сопках Маньчжурии», «Полонез Огинского» оонньоон биһигини уһугуннарара оҕо сааспыт саамай дьоллоох түгэннэрэ этилэр.
Эдэригэр биһиги аҕабыт Гавриил Иванович сахаттан биир бөдөҥ, кыанр киһинэн биллэрэ. Ол иһин буоллаҕа сэриигэ тыын тыыҥҥа харбаһар тыҥааһыннаах киирсиилээх үс киһилээх бөлөх сүрүн охсуһааччытынан сылдьыбыта биллэр. Гавриил Иванович волейболга, саха спордун национальнай көрүҥэр «куобахха»эдэр сылдьан оройуон чиэһин көмүскээбитэ, үксүгэр кыайыылааҕынан тахсара.
Өссө 1955 сыллаахха сайын, Кэбээйиттэн уоппускаттан кэлэ сылдьан Хоптоҕоҕо олордохпутуна, электричестсво суоҕар, күн уотун туһанан, фанера дьааһык иһигэр фотоувеличитель туруоран хаартыска бэчээттээбитин өйдүүбүн. Интэриэһинэйэ диэн, ол хаартыскалар билиҥҥээҥҥэ диэри бааллар. Салайар кылааһын оҕлорун дьиэтигэр мунньан фотокружогу ыытар буолара, оттон саас походка кылааһын оҕолоро велосипедынан, бэйэтэ – мотоциклынан баран кэлэллэрэ. Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуура. Маслянай кыраасканы, араас киистэлэри туттара, живописка, графикаҕа , скульптураҕа сыһыаннаах кинигэлэри сурутан ааҕара, туһанара. Кэбээйи, Чурапчы оскуолаларыгар да үлэлиир кэмнэригэр Советскай правительство салайаачыларын В.И. Ленин, И.В. Сталин, коммунизм үөрэҕин төрүттээбит К. Маркс, Ф. Энгельс портреттарын уруһуйдаабыта биллэр.
Биһиги аҕабыт чахчы да учуутал буоларга айылҕаттан анаммыт курдук эргиччи талааннаах киһи этэ. Дириҥнээҕи 60-с сыллардааҕы үөрэнээччилэрэ кинини учуутал быһыытынан хас биирдиилэригэр ураты сыһыаннааҕын бэлиэтииллэр. Тас көрүҥүттэн көрдөххө кытаанах курдук эрээри, хаһан да биһиэхэҕэкуолаһын соноппотоҕо, Ким туох идэҕэ дьоҕурдааҕын, ханна үөрэнэ барыахтааҕын сүбэлиирэ диэн иһирэхтик ахталлар.
1956-57 сс. Дириҥ орто оскуолатын 31 үөрэнээччи бүтэрбититтэн 15 үрдү үөрэххэ киирбиттэрэ. Ол курдук, билигин техническэй наука кандидата Аммосов Алексей Дмитриевич, нуучча тылын учуутала Арепина Нина Афанасьевна, республикаҕа доруобуйа харыстабылыгар үгүс үтүөлээх үрдүкү кат егорилаах травматолог врач Божедонов Василий Васильевич, Чурапчы оройуонун тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар тутаах специалиһынан сылдьыбыт Борисов Семен Петрович, зоотехник, Саха республикатын норуортун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Васильев Егор Егорович, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт политехническай үөрэхтээһиҥҥэ кабинетын сэбиэдиссэйэ Григорьев Петр Петрович, комсомол Чурапчытааҕы райкомугар секретардаабыт историк идэлээх Иванов Федор Романович, тыа хаһаайыстыбатын наукаларын кандидата Илларионов Спиридон Петрович, зоотехник Корякина Елизавета Ивановна , физика учуутала Кузьмин Леонид Петрович, омук тылын учуутала Пинигина Елизавета Васильевна, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Иванова Люция Ивановна, учуутал Тарабукин Илларион Николаевич, Тимирязев аатынан тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэммит, өр сылларга Эрилик Эристиин аатынан совхозка үлэлээбит Тарасов Николай Петрович, ону таһынан 11 выпускник орто анал үөрэҕи бүтэрбиттэрэ.
Аҕабыт 1957-58 үөрэх дьылыгар нуучча тылыгар уонна литературатыгар уһуйбут, оскуоланы бүтэрбит 31 үөрэнээччититтэн үрдук үөрэҕи 10 выпускник ылбыт, орто анал үөрэҕи 16 киһи бүтэрбит. Кинилэр ортолоругар баалар сахалартан бастакы атомщик-учуонай, техническай наука кандидата , Новосибирскай олохтооҕо Максимов Иоганн Егорович , Саха республикатын Конституционнай суутун Председателинан улэлиир юридическай наука доктора Миронов Дмитрий Николаевич, ССРС физическай культуратын туйгуна учуутал Феофанов Егор Михайлович, РСФСР үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала Куличкин Николай Петрович, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Федосеев Семен Егорович, учууталлар Дьяконов Н.И., Осипов Д.К уо.д.а.
Үрдүкү кылаастарга үлэлиир буолан аҕабыт сыллата оскуоланы бүтэттэрэр кылаастаах буолара. Ол кэмнээҕи ыччат үөрэххэ сүрдээх баҕалаах, интэриэстээх буолара. Дириҥ орто оскуолатыгар чугастааҕы сэттэ нэһилиэктэн үксэ чахчы да үөрэххэ дьоҕурдаах, идэ ылар сыаллаах-соруктаах оҕолор кыһаллан туран үөрэнэллэрэ. Ону 1959 сыллаахха 19 выпусниктан биэһэ үрдүк үөрэҕи , 12-тэ орто анал үөрэх кыһаларын бүтэрбиттэрэ да туоһулуур. Клара Ивановна Ксенофонтова биологическай наука кандидата, Сысолятина Лидия Петровна, Протодьяконова Марфа Николаевна РСФСР үөрэҕириитин туйгуннара, туту инженердэрэ — Протодяконов Егор Дмитриевич, Степанов Семен Гаврильевич.
1960 сыллаах 29 выпусниктарыттан үрдүк үөрэҕи 7, орто анал үөрэҕи 16 бүтэрбиттэр, кинилэр ортолоругар народнай учуутал, педагогическай наука кандидата Макаров Егор Дмитриевич, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна математик Капитонова Светлана Петровна, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна нуучча тылын учуутала Борисова Альбина Петровна, эдэр сааһыгар олохтон туораабыт үөрэххэ ураты дьоҕурдаах Еремеев Павел Константинович, СР үтүөлээх юриһа Илларионов Афанасий Петрович.
Дириҥ орто оскуолатын аттестатын кинигэтиттэн көрдөххө, 1956-57 үөрэх дьылыттан саҕалаан тиһэх 1962-63 сылга диэри 156 выпуснигы олох суолугар атаарсыбыт, үөрэтиспит , 66 выпускник үрдук, 59 орто анал үөрэҕи баһылаабыттар. Үрдүк үөрэххэ киирии – 42%, орто анал үөрэххэ киирии – 37%, барыта холбоон – 79%. Тыа оскуолатыгар бэйэм математигынан отут сыл учууталлаабыт киһи быһыытынан, бу ситиһии дии саныыбын. Оччолорго үтүөлээх аакка түһэрии бэрт сэдэх этэ. 1963 сыллаахха биһиги дьиэ кэргэн эмкэ-томко чугаһаан куорат Хатаһыгар көһөн киирбиппит, онон аҕабыт сыралаах үлэтигэр сөптөөх сыанабыл бэриллибэккэ хаалбыт. Дьөрү райОНО грамотата да суоҕа.
Биһиги аҕабыт тус олоҕо чэпчэкитэ суох этэ. Биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ соҕотох үлэһит. Ийэбит ыалдьар буолан үгүстүк балыыһаҕа эмтэнэрэ, оччоҕо биһиги эбээбитигэр Уойкоҕа уонна таайбытыгар Өндөрөйгө хааларбыт . 1959 сыллаахха Дириҥҥэ оскуолаттан чугас дьиэ туттан уопсай дьиэттэн көһөн кэлбиппит. 1960 сыллаахха бырааппыт Гаврик төрөөбүтэ. Дьиэ кэргэн бары улаханнык үөрбүппүт. Мин эдьиийбинээн Грунялыын төрдүскэ балтыбыт Аанчык иккискэ үөрэнэрбит, кыра балтыбыт Оля биэс саастааҕа. Ийэбит Александра тимоофеевна идэтинэн нучча тылын учуутала буолан тэтэрээт бэрэбиэркэтигэр аҕабытыгар көмөлөһөрө, уруокка бэлэмнэнэр литературатын бэрийэрэ. Биир эбэтэр икки ынахтаах буоларбыт. Эбээбит аһы наһаа минньигэстик астыыра: килиэп буһарара ( оччолорго бэкээринэ диэн суох этэ), куобах этэ, собо быстыбат буолара, баахыла, алаадьы, моонньоҕон барыанньалаах күөрчэх. Аҕабыт күһүн-саас куска, куобах күрэҕэр, муҥхаҕа , төһө да быара эппэрээссийэлээх буолан аһаҕас баастаах буоллар, көтүппэккэ сылдьара. Сайынын мотоциклынан тиэйэн илдьэн дьэдьэннэтэрэ, отонноторо. Кинигэ бөҕөтүн суруттаран ааҕара. Учуутал киһи быһыытынан араас мунньахтарга , ханнык да дьаһалтан туора турбата. «Учуутал үөрэнэрин эрэ тухары – учуутал», диирэ. Үөрэтии процеһыгар ханнык саҥа сүүрээн киирдэ да, сурунаал, хаһыат ыстатыйаларыттан үөрэтэн, ырытан, конспект оҥорон үлэтигэр туттубутунан барара. Биһиги, оҕолор, таҥаспытын-саппытын ийэбит уус буолан бэйэтэ тигэрэ, бырааһынньыктарга үс обургу кыыс биир өҥнөөх, биир моһуоннаах, араас кыбытыылаах платье кэтэрбит. Үрдук үөрэҕи бүтэрэн, уол оҕолонон, дьиэлэнэн- уоттанан санаата-сүргэтэ көтөҕүллэн туран үлэлиирэ. Төрөппүттэрбит биэс оҕо, эбээбит Уойка, таайбыт Өндөрө, аҕабыт быраата Бааска – барыта уон киһи буолан дьиэбит кыараҕас курдуга; масс кэрдинэн дьиэни салгыырга диэн буолта.
1961 сыл Дириҥ орто оскуолатыгар маҥнайгы выпускниктара үлэлии кэлбиттэрэ. Нуучча тылын отделениетын кыһыл дипломунан бүтэрбит Пермяков Михаил Ефимович, кини кэргэнэ Елена Алексеевна – нуучча тылын, Фомин Дмитрий Семенович – географияны, Далбаева Татьяна Константиновна – физиканы, Дьячсковскай Егор Дмитриевич – физкультураны үөрэтэн саҕалаабыттара. Биһиги аҕабыт Попов Гавриил Иванович завуһунан үлэлээбитэ. Кини эдэр учууталлар уруоктарыгар сылдьан, ырытан, элбэх сүбэни-аманы биэрэрэ. Оскуола олоҕо улаханнык сэргэхсийбитэ. Пионерскай дружина старшай баһаатайа Владимирова Агафья Дмитриевна интэриэһинэй сбордары эрдэттэн бэлэмнээн ыытара. Пионерскай улэ үс сүһүөҕүнэн оҕолор саастарынан араарыллан тыырыллара. Хас биирдии пионерга тус киниискэ биэрбиттэрэ, онно маҥнайгы сүһүөх пионер тугу сатыыр буолуохтаа.га ырылыччы суруллара, холобура, олоххо-дьаһахха туттуллар электрическай прибордары ремоннааһын, тимэх тиктиитэ, бэйэни чэнчистик туттуу о. д.а. Ону толоддоххуна иккис сүһүөххэ тахсаҕын, онно дьиэ кыылын иитии, дьиэ сибэккитин үүннэрии-харайыы, омук сирин пионердарын кытта суруйсуу, доҕордоһуу о.д.а. Барыта сонун, барыта дьикти. Кылаастарынан үөрэххэ, дьиссипилиинэҕэ, кинигэ ааҕыытыгар, концерт көрдөрүүтүгэр күрэхтэһии. Сарсыарда эрдэ, 8 чаас буолуо 15 мүнүүтэ иннинэ кэлэбит, зарядкалаан баран уруоктарга тарҕаһабыт. Физкультура уруогар Егор Дмитриевич гимнастика оҥорорун олус сэҥээрэрбит, кини спорт бары көрүҥүгэр дэгиттэр этэ. Үрдүк ирдэбиллээхтик, эппиэтинэстээхтик үлэлээн үгүс оҕону спортка угуйбута.
Онтон саас муус устар 12 күнүгэр Юрий Гагарин комоска көппүтэ! Бүтүн ССРС үрдүнэн үөрүү-көтүү, киэн туттуу! Советскай дойдуга олорор, үөрэнэр дьоллоох да оҕолорбут! Үөрүү муҥура суох. Чаҕылхай күннээх оҕо саас дьоллоох түгэннэрэ.
Эдьиийбинээн бэһис кылааһы бүтэрдибит. Мин үөрэхпэр үчугэйбин. Эдьиийим арифметиканы ыарырҕатар, онно көмөлөһөбүн, задачаны быһаарабын, өйдөтөбүн. Балтыбыт Аанчык үһүс кылааһы туйгуннук бүтэрбитэ. Үөрҕэр наһаа кыһаллара, биирдэ эмит «;» сыана ыллаҕына хомойоро. Ленин курдук наар «5»-кэ үөрэниэн баҕалааҕа. Дьүһүнүнэн түөрт кыыстан саамай кыраһыабайбыт этэ: чачархай баттахтаах, муус маҥан сэбэрэлээх, киэҥ, сырдык кугастыҥы харахтаах , көбүс-көнө дьороҕор сотолоох, бэйэтин сааһыгар үрдүк уҥуохтааҕа. Икки сыл балыс эрээри уҥуоҕунан мин саҕа этэ. «Нуучча Аанчык» диэн дьиибэлиир буоларбыт. Бииргэ төрөөбүттэртэн балтыбын кытта мин саамай чугас сыһыаннаах этим, эдьиийим миигиттэн аҕа диэн дуу, туох да боппуруоска мөккүспэт, эйэнэн быһаарсар этибит. Үһүөн библиотекаттан кинигэ уларсан ааҕарбыт, онтон лууктуу, ынах, ньирэй хомуйуутугар кини биһикки бииргэ сылдьарбыт, иһит хомуйуутугар хардары-таары көмөлөсүһэрбит. Олус чэнчис, майгытынан холку, үөрунньэҥ этэ. Билигин санаан сөҕөбүн, кини кыра эрдэҕиттэн «Улааттахпына нуучча тылын учуутала буолуом»,- диирэ. Иллэҥ буоллахпытына учууталлаах буола оонньуурбут, концерт көрдөрөрбүт, сайын уулусса оҕото бары мустан лапталыыр, бэлисэпиэттиир этибит.
Бэс ыйын 25 күнүгэр Хоптоҕо ыһыаҕа буолбута. Аҕабыт кырдьаҕас аймахтарын Чурапчыттан ыҥыртаан бырааһынньык тэрийбитэ. Үөрүү-көтүү, ас-үөл остуол хотойорунан, уруй-айхал бөҕө. Хабырылла дьоллоох киһигин: «Сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэллиҥ, үрдүк үөрхтэнниҥ, биэс оҕолоннуҥ»,-дэспиттэрэ. Кырдьаҕас эдьиийбит эмээхсин түүнү быһа ытыыр икки, ыллыыр икки ардынан энэлийэн хонно. Сарсыныгар эбиэккэ хоноһолор тарҕастылар.
Бииргэ үөрэнэр оҕолорбут төрдүс кылааһы бутэриэхтэриттэн окко, оҕуруокка үлэлииллэр. Эдьиийбинээн Грунялыын төрөппүттэрбититтэн көрдөһөн хаппыыстаҕа уу кутуутугар үлэлиир буоллубут, балтыбыт Аанчык сүрдээҕин ымсыырар. Үлэ быыһыгар оҕолору кытта Дириҥ куөлүгэр сөтүөлүүбүт , сатаан харбаабат да буолларбыт. Дьиэбитигэр кэлэн сөтүөлээбиппит туһунан астына кэпсиибит. Иккис сүһүөх пионера сатаан харбыыр буолуохтаах, ону толоро сатыыбыт. Наһаа өрүкүйэн кыра оҕоҕо кэпсиэ да суох баар эбит. Бэс ыйын 28 күнэ үүннэ. Оҕуруоттан үлэлээн кэллибит. Күнүс чэйдээтибит. Ийэлээх аҕабыт оскуола массыынатынан Гавригы илдьэ маҕаһыыҥҥа бардылар. Аанчык кыра балтыбынаан Олялыын дьүөдьэҕэ уу баһа таҕыстылар, мин батах сууна дьиэҕэ хааллым. Чочумча буолан баран Оля сүүрэн кэллэ: Аанчык ууга былдьаммыт. Халлаан хараҥарбытын курдук буолла Дьылҕа-хаан ыйааҕа буоллаҕа. Ол кутурҕаннаах күннэргэ ийэлээх аҕабыт бэйэлэрин кыана туттубуттара. Ыар сүтүк сүрэх бааһа буолан хааллаҕа, бары дьиэ-кэргэн ыар аһыыга ылларбыппыт, оннооҕор балтараа саастаах бырааппыт өйдүүр курдуга. Сэттис кылааһы бүтэрэн иһэн мин ыалдьыбытым, үс ыйы быһа республиканскай балыыһаҕа сытан эмтэммитим, дьонум Хатаска көһөн киирбиттэрэ.
Оччотооҕуга Хатас Орджоникидзевскай оройуонугар киирсэрэ. Биһиги аҕабыт директордаан сүүрэн-көтөн, министерствоҕа туруорсан, 1964 сыллаахха Хатас толорута суох аҕыс кылаастаах оскуолата орто оскуола статуһун ылбыта. Ахсыс, тохсус, онус кылаастарга нуучча тылыгар уонна литературатыгар киниэхэ үөрэммиппит. Предметин дириҥник билэрэ, хас биирдии уруогун сыаллаах-соруктаах үрдүк методическай таһымҥа ыытара. Литератураҕа М. Горькай «Песня о буревестнике», «Песня о соколе», В. Маяковскай «Хорошо!» поэматын уо.д.а. уус-ураннык өйүттэн ааҕарын сөҕөрүм. Дьиэтигэр нойосуус үөрэтэ сылдьарын хаһан да көрбөт буоларым. Хатаска алта сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээбитин дьон-сэргэ үчүгэйдик саныыр эбит. 1968 сыллаахха ийэбит Александра Тимофеевна уһун ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Аҕабыт соҕотох хаалан улаханнык аймаммыта, Хатастан көһөн төрөөбүт Чурапчытыгар эргиллибитэ. Төһө сатыырынан, кыалларынан биһиги туспутугар олорон, барыбытын үөрэхтээн, ыал-дьон оҥортоон ийэбит кэриэһин толорон баран 1983 сыллаахха Дьокуускайга өлбүтэ.
Улахан кыыһа Попова Аграфена Гаврильевна – Илин Сибиирдээҕи культура институтун бүтэрэн – библиотекарь, үлэ ветерана. Попова (Архипова) Александра Гаврильевна – СГУ физико-математическай факультетыгар үөрэммитэ, үрдүк категориялаах математика учуутала. Попова (Маркова) Ольга Гаврильевна СГУ медико-лечебнэй факультетын бүтэрэн үрдүк категориялаах врач, Саха республикатын доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үтүөлээх бырааһа. Попов Александ Гаврильевич – «Саго-Газ» ХЭТ генеральнай директора.
Учуутал, буойун Попов Гавриил Иванович уустук, ол эрээри дириҥ ис хоһоонноох олоҕо биһиэхэ оҕолоругар, сиэннэригэр үтүө холобур буолуо туруоҕа.
Ахтыыны Гавриил Иванович орто кыыһа
Александра Гаврильевна суруйда.
Балаҕан ыйа, 2003 сыл.